«Улуус олоҕо»: Биэрэк Үрдүн элбэх оҕолоох Шпнёвтара салалта ыытар дьаһалларын биһирииллэр
19 октября 2018
Өймөкөөн улууһун пааспарын суруйуубутун салгыыбыт. Тыа сиригэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана урут да билигин да элбэх буолар. Кинилэр алаһа дьиэ туттан, бур-бур буруо таһааран, тиэргэннэрин тэнитэн эйэ-дэмнээхтик олороллор. Үксүгэр маннык ыал бэйэтин олоҕунан-дьаһаҕынан нэһилиэги тутар, түс-бас дьиэ кэргэн диэн ытыктабыллаахтык ааттанар. Биэрэк Үрдэ учаастакка элбэх оҕолоох Шпнёвтарга эбиэт кэнниттэн тиийдибит. Бары күнүскүлэрин чэйдээн бүтэн, ким үлэтигэр, ким оскуолатыгар тарҕаспыт кэмнэрэ этэ.
Дьиэҕэ ыал аҕата Федор Шпнёв оскуолаттан үөрэхтэриттэн кэлбит икки эмдэй-сэмдэй кыргыттарынаан уруоктарын ааҕа олороллоро. Ыал алта оҕолоох. «Ийэ хапытаала» судаарыстыбаннай бырагырааманан киэҥ-куоҥ толору хааччыллыылаах дьиэни атыылаһан, быр-бааччы тэриммиттэр. Хотонноохтор. Онно сибиинньэ уонна куурусса ииттэллэр. «Олохтоох дьаһалта баһылыга Павел Васильев элбэх оҕолоох ыалларга уонна үлэтэ суох дьоҥҥо сибиинньэ уонна куурусса аҕалан босхо түҥэппитигэр, биһиэхэ 20 куурусса, 4 сибиинньэ тиксибитэ. От ыйыттан ииттибиппит. Айан төлөбүрүн олохтоох даһалта бэйэтэ уйунар. Биһиги эбии аһылык сыанатын эрэ төлүүбүт. Онон элбэх оҕолоох дьоҥҥо улахан өйөбүл оҥоһуллар», — диэн кэпсиир кини.
Олохтоох дьаһалта маннык ыллыктаах дьаһалын интэриэһиргээн, Өймөкөөн нэһилиэгин салалтатын тыа хаһаайыстыбатын салаатын исписэлииһэ Елена Винокуроваттан анаан ыйыталастым.
— Нэһилиэнньэ тыа хаһаайыстыбатын салаатынан дьарыктаныытын тэрийэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2017 с. ыам ыйын 16 күнүнээҕи 162 №- дээх ыйааҕар олоҕуран, Өймөкөөн нэһилиэгин салалтата 1 мөл. солк. граҥҥа киирсэн хапсыбыта. Ол грант үбүнэн 27 элбэх оҕолоох ыалга, үлэтэ суох дьоҥҥо, соҕотох ийэлэргэ убаһа, сибиинньэ, куурусса босхо аҕалан түҥэппиппит. Томтор нэһилиэгиттэн сылгы ииттэр фермер Дмитрий Крюковтан 15 тыһы убаһаны атыыласпыппыт. 21 сибиинньэни Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекстан, 180 кууруссаны Дьокуускай куорат көтөр иитэр фабрикатыттан ылан аҕалбыппыт. Онно эбии «Сайсары» акционернай тэрилтэттэн 2 тонна эбии аһылыгы атыыласпыппыт. Анал хамыыһыйа үлэлээбит буолан, наадыйар дьон бары кэриэтэ тииһиммиттэрэ. Онон нэһилиэк олохтоохторо билигин кууруссаларын сымыытын бэйэлэрэ сииллэрин таһынан, атыылаан дохуот киллэринэллэр. Абыранныбыт дииллэр. Икки атыыр сибиинньэ атыыласпыппыт. Тыһы сибиинньэлэр төрөөн эрэллэр, онон сотору олохтоохторго атыылыахтара, — диэн кини үлэни билиһиннэрдэ.
Биэрэк Үрдүн элбэх оҕолоох ыала Шпнёвтар урукку сылларга сүөһү ииттэ сылдьыбыттар. Ол эрээри 2000 сыллар саҥаларыгар бэрт улахан халаан оттообут отторун сууйан илдьэн, илиилэрин соттон хаалбыттар. Онон сүөһүлэрин эһэргэ күһэллибиттэр. Былырыын ыал аҕата кууруссаларыгар уонна сибиинньэлэригэр анаан иччэтэхсийэн турбут хотоннорун саҥарда охсубут. Сайын кэҥэттэн биэрэр соруктаах.
— Биэрэк Үрдэ — сүөһү ииттэн олорор нэһилиэк. Улуус сүөһүтүн ахсаанын 70%-на манна баар диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ыал үксэ 10-тан тахса ынахтаах. 40-ча сүөһүлээх ыал кытта баар. Эттэрин-үүттэрин көмүсчүттэри кытта дуогабардаһан батараллар. Мин сибиинньэбин элбэттэхпинэ, эмиэ оннук батарар толкуйдаахпын. Куурусса уонна сибиинньэ улахан ороскуота суох түргэнник ситэр салаа, киһи төһө баҕарар ииттиэн сөп курдук быһаардыбыт. Сэтинньигэ сибиинньэлэрбитин идэһэлиэхпит. Түөрт сибиинньэ төрдүөн тыһылар. Онон төрүөҕү биэриэхтэрэ. Салгыы ахсаанын элбэтэн иһиэхпит. Кууруссаларбыт инкубатортан тахсыбыт буолан, икки эрэ сыл туһалыыллар, чоппуускаламматтар. Быйыл сайын ииттэргэ эбии уон кууруссаны сакаастаатым. Улахан ороскуоттара суох. Аҕыс ый устата кууруссалыын сибиинньэлиин холбоон эбии аһылыктарыгар 57 тыһ. солк. барда. 70-ча куулунан кыстаттыбыт. Кууруссалар эбии аһылыктарын бэйэлэрэ «булуналлар». Икки хонукка биир ячейкаттан ордук сымыыты хомуйабыт. Бэйэбит сиирбитин таһынан, дьоҥҥо атыылыыбыт, — диэн бэлиэтиир Федор Николаевич.
Биэрэк Үрдүгэр элбэх оҕолоох ыалларга, үлэтэ суох дьоҥҥо олус суолталаах өйөбүл оҥоһуллубут. Федор Шпнёв бэлиэтииринэн, олохтоох дьаһалта баһылыга суол алдьаныан иннинэ эрдэттэн сайаапка хомуйан, киин куораттан ким туох наадалааҕынан таһаҕас тиэйтэрэр.
— Айан ороскуотун дьаһалта бэйэтэ уйунар. Онон төһө да киин сиртэн ыраах олордорбут, сайыҥҥы аспытын-таҥаспытын, тутуу матырыйаалын, эбии аһылыгы, кууруссаҕа тиийэ куорат сыанатынан сакаастаан олоробут. Уопсайынан баһылыктарбытыгар табыллар дьоммут. Дьокуускайга тиийэн олохсуйбут Рустам Кривошапкин олорор дьиэлэрбитин улуус баһылыга Михаил Захаров өйөбүлүнэн толору хааччыллыылаах гына оҥорон барбыта. Билиҥҥи баһылыкпыт Павел Васильев хаһаайыстыбабытын хаҥатарга суолу аста. Онон «биэрэктэр» кыахтаах уолаттары баһылыгынан таһаара олоробут. Баһылыктарбыт дьоҥҥо олус чугас, истиҥ дьон. Урукку баһылыкпыт Рустам Гаврильевич Дьокуускай куораттан батсаабынан: «Хайа, хайдах олордугут?» — диэн өрүү билсэр. Оттон Павел Валентинович быыс буллаҕына: «Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит?» — диэбитинэн, ыалларга киирэн олох-дьаһах туһунан билсэн тахсар. Мин, Томтортон төрүттээх күтүөт, наһаа үчүгэй дьонноох-сэргэлээх, сирдээх-уоттаах Биэрэк Үрдүгэр кэлэн олохсуйбуппуттан үөрэбин эрэ. Биэрэктэр олус иллээх дьоммут – үөрүүгэ-хомолтоҕо биир дьиэ кэргэн курдукпут, – диэн үөрэ кэпсиир сис ыал аҕа баһылыга.
Мин, улахан дьиэ кэргэн ыал аҕата, кэлиҥҥи кэмҥэ сыта-олоро толкуйдаан көрөн баран, элбэх оҕолоох ыал, нууччалыы эттэххэ, «престижнай» араҥа эбит диэн санааҕа кэллим. 500 тыһ. солк. олус ыарахан сыаналаах толору хааччыллыылаах «Липснеле» оһоҕу киллэриигэ, бастатан туран, элбэх оҕолоохторго биэрбиттэрэ. Босхо. Куурусса, сибиинньэ эмиэ элбэх оҕолоохторго бастакынан диэн буолбута. Босхо. Манна «Ийэ хапытаалын» эбэн кэбис. Онон элбэх оҕолоох ыалы өйүүр тосхоллор олоххо киирэн, биһиги улахан дьиэ кэргэттэр ытыс үрдүгэр сылдьабыт.
Шпневтар оҕолорун духуобунай куттаах гына иитэргэ дьулуһуллар. Федор Николаевич кыра эрдэҕиттэн сценаттан түспэт ырыаһыт буолан, билигин Биэрэк Үрдүн кулуубугар ВИА бөлөҕү салайан үлэлэтэр. Улахан кыыс онно клавишнайга, улахан уол ударнайга оонньууллар.
Мин Шпневтар улахан кыыстарыттан Вераттан бэйэтин туһунан кэпсииригэр көрдөстүм:
— Сэттис кылааска үөрэнэбин. Күнүс эбиэттээн баран, аҕабытын кытта уруокпутун ааҕабыт. Онтон оҕолор бары мустан аҕабытын кытта кулуупака репетициялыы барабыт. Мин муусукунан дьарыктанарбын олус сөбүлүүбүн. Степа эмиэ «ударнайга» олус сөбүлээн дьарыктанар. Билигин сыл аайы буолар «Хоту сир суһума» диэн сааскы оҕолор айар куонкурустарыгар нэһилиэкпит чиэһин көмүскээри бэлэмнэнэбит. Былырыын 2-c степеннээх лауреаттарынан буолбуппут. Быйыл бастыырга дьулуһабыт. Балтыбынаан «Дьэргэлгэн» муода тыйаатырыгар дьарыктанабыт. Төрөппүттэрбит биһигини кэрэҕэ, сырдыкка дьулуһарга үөрэтэллэр. Ол да иһин буолуо, биһиги улахан дьиэ кэргэн араас култуурунай тэрээһиннэргэ үөрүүнэн кыттабыт.
Айылҕаттан ырыаһыт куттаах Федор Шпнёв Арктическай култуура институгар кэтэхтэн «бюджеккэ» үөрэнэ киирбит. «Социальнай култуура үлэһитэ» идэҕэ үөрэнэ сылдьан, 2-c куурустан үөрэҕин быраҕарга күһэллибит. «Атын сиргэ, дьоммуттан тэйэн, үөрэнэ ыйы-ыйынан баран хаалыы — миэнэ буолбатах эбитин өйдөөбүтүм. Дьиэ кэргэним, хаһаайыстыбам иннигэр эппиэтинэстээхпин. Онон үөрэхпин тохторум ордук курдук буолбута«, — диир ыал аҕата. Билигин оҕолор улааттылар. Онон айар куттаах улахан дьиэ кэргэн аҕата урут туолбатах былааннарын толорор кэмэ кэллэҕэ.
Другие новости
21 октября 2024
Скидки -10% на все виды котлов!
17 октября 2024
07 августа 2024
17 июня 2024
03 июня 2024
Бесплатная доставка до Чурапчы!
03 июня 2024
03 июня 2024
Якутские твердотопливные котлы будут экспортировать в Монголию
15 декабря 2023
10 ноября 2023
Объявляем конкурс на лучший видео-обзор наших котлов! 😍
26 сентября 2023